Биһиги оскуолаҕа ыам ыйын 15 күнүгэр дьиэ кэргэн күнүгэр аналлаах тѳрѳппүттэр велопробегтара тэрилиннэ. Бу тэрээһин чѳл олоҕу, велоспорт курдук маассабай спорду кѳҕүлүүр сыаллаах ыытылынна. Уопсайа 26 тѳрѳппүт кыттыыны ылла. Велопробег кыттыылаахтара Титииктээх диэн сиртэн оскуола тиэргэнигэр диэри барыта 2км сири тэптилэр. Велопробег кэннитэн тѳрѳппүттэр уонна оҕолор түѳрт хамаандаҕа арахсан бѳһүѳлэк иһигэр кистэммит сорудахтары карта кѳмѳтүнэн кѳрдѳѳн күрэхтэстилэр. Бу күннээҕи тэрээһин минньигэс астаах фуршетынан түмүктэннэ. Ханна да буоларын курдук биһиги ийэлэрбит ордук кѳхтѳѳхтѳрүн кѳрдѳрдүлэр. Маны таһынан дьиэ кэргэнинэн кыттыыны ыллылар, Александра, Артур Тихоновтар, Ангелина, Владимир Петровтар, Мария Михайлова, Артур Евсеевтар. Биһиги тэрээhиммитин суолта ууран кыттыыны ылбыт аҕаларбытыгар Сергей Реасович Зверевка, Николай Прокопьевич Михайловка, Владимир Иванович Петровка, Артур Николаевич Евсеевка, Артур Викторович Тихоновка махтанабыт. Омук эт-хаан, ѳй-санаа ѳттүнэн туруктаах буолара чѳл олоҕу кытта ыкса ситимнээх. Чѳл олохтоох дьиэ кэргэн – дьоллоох олох тѳрдѳ. Онон, оҕолорго, тѳрѳппүттэргэ спорду доҕор оӊостуӊ, элбэхтик салгыӊӊа, айылҕаҕа сылдьыӊ, үлэни, үѳрэҕи таптыы улаатыҥ, Сахабыт сирэ чэчирии сайдарыгар бары сомоҕолоһон, чѳл олоҕу тутуһар, сайдам санаалаах ыччат элбии турдун.
|